Содержание
-
Оонньуу «Тыл баайа»
Сүрүн сыала: оонньуу нөҥүө оҕо тылын баайын сайыннарыы. Оҕолор бэйэ бэйэлэрин кытта бодоруһан оонньообот буоллулар. Оонньуу оруола улахан. Оонньуу нөҥүө оҕону элбэх хаачыстыбаҕа иитиэххэ сөп.
-
Тыл баайа оонньуу иитэр соруктара:
туруорбут сыалы ситиһии; сатаан былааннааһын;, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон сэрэйии; санаатын сиhилии этии; олоҥхо тылын көрөн ааҕыы, истии, тыл баайа оҥостуу; оҕолору кытта бииргэ алтыhыы, көмөлөсүhүү, утарылаһааччы хардыытын сэрэйии, онно бэлэм буолуу.
-
-
Олонхо истээри араас моһоллору туораан ким эрдэ ортоку суолга киирбит – ол хотор. Оонньууга 2-4 оҕо ооньуон сөп. Күн утары хааман эргийэн кэлэн Олонхо истэээччилэр бары кэчигириэһэн туруохтаахтар. Саҥа оонньоочулар биир олонхо истэ барар киһини хаамтаран барыахтарын сөп. Онтон саастарынан көрөн түөркэ тиийэ киһини хаамтарыан син.
-
Күөл хоту баһыгар Сээркээн Сэһээн олонхотун истэ кэлиэхтээхтэр.Кытыытыгар түөрт сынньанан ааһар алаастаах. Маннык уйаҕа түстэхтэринэ олонхо тылын таба таайар сорудаҕы толорон икки отон ылаллар. Үс отонноох уйаҕа түстэхтэринэ, ыһыллыбыт буукубалардаах олоҥхоттон быһа тардыылары сааһылыыллар. Сөпкө таайбыт үс отон ылар. Абааһы ойуулаах уйаҕа түстэхтэринэ биир эргиир абааһылыын охсуһан оонньообокко өрүүллэр.
-
Ким эрдэ моһоллорун туораан эрдэ олонхотун истэ кэлбит ооннььоочу хотор. Ким элбэх отонноох – ол баай тыллаах ааттанар.
Нет комментариев для данной презентации
Помогите другим пользователям — будьте первым, кто поделится своим мнением об этой презентации.