Содержание
-
Саха Республикатын Үөрэҕириитин МинистерствотаНьурба улууһун үөрэҕириитин салалтата
ЧОБУО (оҕоҕо хоһоону мнемотехниканан ылыннарыыга барыл) Ноговицына М.А. иитээччи А.Г.Габышев аатынан «Биһик» оҕону сайыннарар киин
-
Тобул санаа (идея)
Оҕо хоһоону өйүгэр хатыырыгар көдьүүстээх ньыманы булуу
-
Үгүс иитээччи да, төрөппүт да оҕоҕо хоhоону үөрэтэрин ыарырҕатар, мунаахсыйар түгэнэ элбэх буолар. Үксүн биирдии строканы үтүгүннэрэн үөрэтии баар. Ити оҕону түргэнник хал гынар, элбэх бириэмэни ылар, туhата да кыра буолар. Оҕо киhи көмөтүнэн, этэн биэриитинэн син билбиккэ, 1-2 ааҕарга дылы гынар да сотору умнан кэбиhэр. Тобул санаа төрүөтэ (актуальность)
-
Хоhоону оҕоҕо үөрэтэр уустук суол. Итиннэ улахан киhи харгыстары көрсөр, бэйэтэ сатаабакка оҕотун сэмэлиир, тиhэҕэр оҕо үөрэтэри батан да кэбиhиэн сөп. Ити харгыстары (проблема, противоречие) туоратар соруктаах бу барыл (проект) оҥоhулунна. Барыл иитээччигэ, төрөппүккэ туhаайыллар. Ыытыллар кэмэ-кэрдьиитэ – биир-икки ый.
-
Оҕо хоһоону чиҥник өйүгэр хатыырыгар мнемотехниканы туһаныы Сүрүн соруга (цель)
-
Сылыктааһын (гипотеза)
Өскө: мнемотехниканы иитээччи толору баһылаатаҕына; оҕо хоһоону ылынарыгар тустаах эйгэни тэрийдэххэ; оҕо бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр, кини сэргиир-сэҥээрэр айымньытын таллахха; төрөппүтү үлэ бу хайысхатынан уһуйдахха;
-
оччоҕуна оҕо хоһоон тылларын өйүгэр хатыыр дьоҕура тупсар, долоҕойугар судургутук тутар, бэйэтэ ким да көмөтө суох өйүттэн хоһоону ааҕар.
-
Аныгы ньымалартан мнемотехника оҕо хоһоону өйгө хатыырыгар улахан көмө, тирэх буолар. Мнемотехниканан оҕо остуоруйаны, кэпсээни, олоҥхону, хоһоону улгумнук ылынар. Мнемотехника диэн уус-уран айымньы ис хоһоонун уруһуйдаан схема быһыытынан оҕоҕо тиэрдиллэр.
-
мнемотехника сүрүн төрүттэрин иитээччи баһылааһына; оҕоҕо хоһоону үөрэтии түһүмэхтэрин сөпкө наардааһына; оҕоҕо хоһоону мнемотехниканан үөрэтиигэ төрөппүтү тардааһына; мнемотехникаҕа туһааннаах тэрили оҥостуута (уус-уран айымньы ис хоһоонунан хас биирдии оҕоҕо анал мнемотаблица) Самалык соруктар (задачи)
-
хоһооннор темаларынан араас ойуулар, оонньуурдар, урамньы көрүҥнэрэ, ИКТ, экран, интернет; мнемотехниканан оҕоҕо хоһоону үөрэтиигэ анал литература, методикалар; хамсаныылаах оонньууга туттуллар тэриллэр, айылҕа эйгэтэ, суруйааччылар мэтириэттэрэ, хоһооннор ойуулара. педагогтар, специалистар, төрөппүттэр, оҕолор, библиотека, кулууб музыка, урамньы, уруһуй, илиинэн оҥоһук Тирэхтэр
-
К. Д. Ушинскай: “Оҕоҕо ойуута биэриҥ, оччоҕо кини саҥарыа”. Ю.В. Юсенко, В.Я. Пропп, Д.Б. Эльконин, Т.А.Ткаченко, Н. В. Бабкина, В. А. Сухомлинскай оҕо өйүн сайыннарыытыга, Л.С. Выготскай тылы сайыннарыыга үлэтэ, XVI үйэлэргэ мнемотехника төрүттээччитэ Петр Рамус, Д. О. Хебб өйгө хатааһын ньымаларын, В.А. Козаренко, М.А. Зиганов мнемотехника туһунан үөрэҕэ уо.д.а. Төрүттэр
-
сахалыы тылынан, ойуулаах, схемалардаах мнемотехникаҕа литературата кэмчитэ; оҕо айымньыны чэпчэкитик ылынарыгар иитээччигэ анал ыйынньык, хомуурунньук суоҕа; төрөппүт оҕотунаан хоһоон аахпата, оҕолуун алтыһар кэмэ кэмчитэ, тэрээһиннэргэ соччо кыттыгаһа суоҕа. Сэрэйиллэр харгыстар (угрозы)
-
темаларынан анал ыйынньыгы, хомуурунньугу оҥостуу; иитээччи мнемотаблицаны туһаныыта, билиитэ; оҕо өйгө хатыыр дьоҕурун сайыннарыыга төрөппүтү кытта үлэ бары көрүҥүн туһаныы. Харгыстары туоратыы (устранение угроз)
-
Барыл түһүмэхтэрэ () Тэрээһин түһүмэх: үлэни байытыы; төрөппүтү, олохтоох библиотеканы кытта үлэ; оҕо айымньыны ылынарыгар темаларынан араас уруһуйдары, хомуурунньуктары, литературалары булан үлэни торумнаныы;
-
төрөппүтү көҕүтүү, мнемотехника тутулун билиһиннэрии, тиэрдии; коллегалары, улахан саастаах оҕолору кытта үлэни дьүөрэлээһин.
-
Сүрүн түһүмэх оҕо ийэ тылын баайын тургутуу; мнемотехниканы туһанан үөрэтиигэ үлэ барылын ситэрии, көннөрөн биэрии; төрөппүтү, оҕону, улахан саастаах оҕолору, коллегалары, олохтоох (куорат) библиотекатын, методиһы кытта эйгэни тэрийии; оҕо бэйэтин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн айымньылары эйгэтигэр киэҥник киллэрии;
-
төрөппүккэ литературнай кулууп тэрийэн, үөскээбит ыйытыылары, этиилэри көрөн, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн көрсүһүүлэри, түмсүүнү тэрийии; тематическай нэдиэлэҕэ хоһооннорунан кинигэ выставкатын, поэт айбыт хоһооннорун туһунан көрсүһүүлэри тэрийии; араас түһүмэхтээх күрэхтэри ыытыы; оҕоҕо хоһоону үөрэтиигэ мнемотехниканы төрөппүккэ билиһиннэрии.
-
ыйынньыктары, хомуурунньуктары оҥостуу; тургутуу түмүгүн таһаарыы; презентация, мастер-класс (урамньы) көрдөрүү; СМИ-га публикациялаах тахсыы, УМК-ны бэлэмнээһин; ааҕыыларга кыттыы. Түмүк түһүмэх
-
Болҕомтоҕут иһин махтал!
Нет комментариев для данной презентации
Помогите другим пользователям — будьте первым, кто поделится своим мнением об этой презентации.