Содержание
-
Владимир Михайлович Новиков Саха народнай поэта
-
Күн уотун сылааһа-куйаа´а, күн күүһэ окко-маска иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргыттан норуот кута-сүрэ, өйө-санаата, норуот духовнай күүһэ иҥэн хаалбыт... Поэт, суруйааччы бэйэтин төөрөөбүт тылын кыайа-хото тутан имитиэхтээх-иэҕиэхтээх, элбэхтик эрчиллиэхтээх, үгүстүк үлэлиэхтээх... Итинник эрэйдээх, сыралаах түбүктээх үлэ түмүгэр эрэ уус-уран тыл дьиҥнээх ууһа, маастара буолуохха сөп! (Күннүк Уурастыырап «Хатаппын саҕабын»)
-
Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта 1907 сыллааххаыамыйын 9 күнүгэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ
-
1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүтэрбитэ. 1924-25 сылларга Эмис нэһилиэгин Советын көмөлөһөөччү суруксутунан үлэлээбитэ. 1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ киирбитэ.«Тимир чыычаах» диэн бастакы хооонун суруйбута. 1926 сыллаахха Дүпсүн уонна Мэҥэ улуустарыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбыта. 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту үөрэнэн бүтэрбитэ, саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта.
-
Бэчээккэ тахсыбыт бастакы хоһооно «Соҕотох хахыйах» В. Агз-и-и псевдонимынан «Чолбон» сурунаал 7¹-гэр бэчээттэммитэ
-
Соҕотох хахыйах Көстөрдөөх сирдэртэн тунаарар тардыылаах, Көнньүөстүүр торҕолуу унаарар урсуннаах, Күөгэйэр сирэм күөх сибэкки симэхтээх Күтүрдүүр сыһыыкам чэлгиэрэн сытаахтыыр. Үтүөкэн дойдукам өнөрдүүр үөһүгэр Үүнээхтээн тураахтыыр үчүгэй бэйэлээх – Сул-ньаассын туостардаах, суугунас тыастардаах Солколоох-хампалаах соҕотох хахыйах...
-
Күннүк Уурастыырапайарүлэтэ 1925 с. саҕаламмыта. «Уһуктубуткыраайга»диэн 20-с сыллардааххасуруйбут хоһооннорунхомуурунньуга 1932 с. бэчээттэммитэ. «Коммунист Сэмэн»диэнсахасоветскайпоэзиятын бөдөҥайымньытакини бөрүөтүнанныттантахсыбыта.
-
1934 с ахсынньы 2-11 күннэригэр Саха сирин сэбиэскэйсуруйааччылар I конференцияларыгар кыттыыны ылбыта
-
1935 с атырдьах ыйын 15 күнүгэр I Саха сиринээҕитылга аналлаах конференцияҕа «Сахалыы уус-уран литература туруга уонна соруктара» дакылааты о²орбута
-
П.А. Ойуунускайга Эн, аҥар илиигэр кырыылаах ыстыыктаах, Аҥаргар – суруйар харандаас тайыылаах, Сарбыһар-дапсыһар саталаах-буурҕалаах Охсуһуу уотугар ыҥырар ырыалаах... Дьон-норуот иннигэр турбутуҥ, Дьол-соргу туһугар туойбутуҥ. Владимир Михайлович ӨксөкүлээхӨлөксөй, Алампа, Ойуунускай талааннарыгар сүгүрүйэрэ, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитэ
-
Владимир Михайлович Новиков олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро. «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхото 1941 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта
-
1937-39 сылларга Екатерина Захарова Күннүк Уурастыырап тылларыгар «Көлүкэчээн», «Уой да уой», «Бырастыы, эн, Кавказ», «Кэҕэ», «Түүл» ырыалары айбыта «Сырдык күммүт тыкпыт» «Кэҕэ» «Похуот» «Дуня» «Сааскыга» «Күөх нуоҕай мутукча» «Көлүкэчээн» «Үрүмэччи маҥан ат» «Долгунча» «Дьикти сэмэй Кууһума» Ырыабуолбутхоһоонноро
-
Тиийдиннэр эһиэхэ Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара,Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы,Кэриэстиир алааскыт киэркэйбит тыаларынКиистэлээх күөхтэрэ тыалырар тыаһыныы.Элиэнэ эбэбит дьалкыллар бааллараЭһиэхэ даҕаны эҥсиллэр бааллара...Эмискэ бу сэрии тэргэнэ күүрбүтэ,Этиҥнээх сата тыал сабыта сүүрбүтэ.Хотуттан, онуоха, эһиги турбуккут,Хотуулаах охсуулаах болоту туппуккут.Кыргыһыҥ, сахалар, оргуйар уоҕунан,Кыйдаһыҥ немеһи кытыастар уотунан! Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр
-
Сэриисаҕанаүрдүк күүрүүлээхпатриотическай хоһооннорунхомуурунньугар киирбит«Хотугукустук»диэнСоветскай Союз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгаранаммытпоэматаулаханбилинииниылбыта. Фёдор Кузьмич Попов8.12.1921 - 10.10.1943Советскай Союз Геройа
-
1942 сыллаахха сэтинньи ыйга Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн Арҕааҥы фроҥҥа сэриилэһэр Бэһис армияҕа республика үлэһиттэрин ааттарыттан бэлэх илдьэн туттарбыта.
-
Владимир Михайлович кэргэнинээн Надежда Гаврильевналыын
-
Доҕоруом, эн баар буола²²ын, Мин ыал буолан олоробун. Миэхэ суоҕу эн булаҥҥын Итэҕэспин толороҕун. Үөрэхтээх дьоннор ыйаллар Ый күн уотунан сырдыырын, Тапсар сүрэхтэр таайаллар Таптал олоҕу кыымныырын. Кэргэммэр Надяҕа
-
1967 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ
-
«Перевод на великий русский язык — это единственный верный и реальный путь выхода наших литератур на всесоюзную и мировую арену». Күннүк Уурастыырап тылбаастуһунан
-
Күннүк Уурастыырап тылбаасчыт А. Романовтыын Күннүк Уурастыырап - талааннаахтылбаасчыт. Кини А.С. Пушкин, Т.Г. Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан уонна да атынпоэттарайымньыларынсахалыысаҥардыбыта.
-
Кы´ыҥҥы суол (А.С. Пушкинтан) Долгун, будул туманнарга Чомполонон, ый устар, Санньы-курус хонууларга, Санааргыы, уотун кутар... Сквозь волнистые туманы Пробирается луна, На печальные поляны Льет печально свет она.
-
Туваҕа, Казахстаҥҥа, Горноалтайскайга, Башкирияҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын күннэрин кыттыылааҕа
-
1938 с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ 1947 с. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕаарадаламмыта 1957 с. «Үлэ Кы´һыл Знамята» орденынан наҕараадаламмыта 1967 с. Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ 1967 с. «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта 1969 с. «Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина» үрдүк аат иҥэриллибитэ 1977 с. «Норуоттар доҕордоһуулара» орденынан наҕарадааламмыта 1982 с. Саха АССР Верховнай Советын Почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта
-
1990 с. муус устар ый 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап
Нет комментариев для данной презентации
Помогите другим пользователям — будьте первым, кто поделится своим мнением об этой презентации.